Вернуться к русскому языку Translate into English Ins Deutsche bersetzen
Версия для слабовидящих
Поиск
678586, Республика Саха (Якутия), Эвено-Бытантайский Национальный улус, село Кустур, улица Слепцова И.Н., 7/1

Наш адрес
8 (411) 602-25-33
Контактный номер

Новости этнокультурного центра "Маранга"

RSS
18.07.2024

"Мэрлэнкэ" ансаамбыл толоруутугар "Оралчимна гиаду".

Эбээн Бытантай национальнай улууһа, Кустуур сэл. "Мэрлэнкэ" ансаамбыл толоруутугар "Оралчимна гиаду".

Ссылка:  https://t.me/+YTS2ZmzxeoUzNTZi

18.07.2024

. Станислав Самойлов "Хоту киһитэбин".

Эбээн Бытантай национальнай улууһа, Кустуур сэл. Станислав Самойлов толоруутугар "Хоту киһитэбин".

Ссылка:  https://youtube.com/channel/UCwlA76WXrnH-lwrkwAhE0ig

06.05.2024

ЯСИА новости. Мэрлэнкэлэр Москуба5а анардастыы аатырдылар. Анфиса Слепцова

ЯСИА новости. Мэрлэнкэлэр Москуба5а анардастыы аатырдылар. Анфиса Слепцова

Ссылка:  https://sakha.ysia.ru/saha-sirin-olohtoohtoro-kyajyy-bylaahtara-aahsyja-a-kyttallar/

27.04.2024

Флешмоб "Узоры якутии"

көрүҥ, сэргээҥ!!!!! Саха сирин күнүгэр аналлаах Республика таһымнаах флешмобу

Ссылка:  https://simekh-sakha.com/uya/

18.01.2024

*Артем Корякин: «Сүрүн сыалбыт-сорукпут ньыымкаан көрдөөһүнэ этэ»*

Бу күннэргэ биһиги улууспутугар Артем Николаевич Корякин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин сүрүннүүр исписэлииһэ, Аркадий Анатольевич Ефремов эдэр исписэлиис кэлэннэр, төрүт фольклорбутун үөрэтии таһыма хайдаҕын видеоҕа устан, култуурабыт үлэтэ хайдах барарын билэн-көрөн бардылар.

Ссылка:  https://бытантайуоттара.рф/artem-koryakin-syryn-syalbyt-sorukput-nyymkaan-kerdeehyne-ete/

30.11.2022

Сүрэхтэн кутуллар ырыалар сырдыгы-кэрэни түстүүллэр

Сүрэхтэн кутуллар ырыалар сырдыгы-кэрэни түстүүллэр 29.11.2022 15:23Бытантай уоттара Кустуур нэһилиэгэр «Дьүрүһүй, икки тыллаах хомуһум» дуэтынан ырыа күрэҕэ VI- төгүлүн үрдүк таһымҥа ааста. Куонкурус аан маҥнай 2003 сыллаахха Степан Слепцов, Оксана Боярская тэрийиитинэн ыытыллан, ол кэмҥэ Гран-При үрдүк аатын Анисия Тарабукина, Анастасия Захарова сүгэн, бырайыак устуоруйатыгар аан маҥнай чаҕылыйбыт сулустар буолбуттара. «Дьүрүһүй, икки тыллаах хомуһум» куонкурус быйыл 6 сыл буолан баран ыытылынна.Уопсайа 9 ырыаһыттар дуэттара кыттыыны ыллылар. Сиһилии «Маранга» этнокултуурунай киин уус-уран салайааччыта Ньургуяна Потапова сырдатта. - Куонкуруска Кустуур нэһилиэгиттэн алта, Дьарҕаалаахтан үс ырыаһыттар дуэттара кыттыыны ыллылар. Хомойуох иһин, Түгэһиир нэһилиэгиттэн кыттыбатылар. Түгэнинэн туһанан, дьоннорун тэрийэн бачча ыраах күрэххэ кытыннара ыыппыттарыгар «Дюбун» култуура киинин үлэһиттэригэр, нэһилиэк баһылыгар Лев Гороховка улахан махталбытын тиэрдэбит. Кинилэр кэлэн тэрээһини киэргэттилэр, силигин ситэрэн, тупсаран биэрдилэр. Мэлдьи бу курдук түмсүүлээх буолуоххайыҥ, тус олоххутугар дьолу-саргыны баҕарабыт. «Дьүрүһүй, икки тыллаах хомуһум» куонкуруһу уус-уран хомоҕой тыллаах Нарыйа Колесова, Вера Горохова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар үөрэҕирии туйгуна, “Дьиэрэй” ансаамбыл салайааччыта Анисия Тарабукина, култуура салайааччыта, бырайыак ааптара, СӨ култууратын туйгуна Степан Слепцов, Дьарҕаалаах нэһилиэгиттэн элбэх ырыа күрэҕин кыттыылааҕа, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун көхтөөх кыттааччыта Туйаара Харитонова киирэннэр, ылбаҕай ырыаһыттары сыаналаатылар. Күрэх балаһыанньа быһыытынан икки түһүмэхтэн турда. Ол курдук, бастакы түһүмэххэ кыттааччылар патриотическай тыыннаах, ол эбэтэр төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа, ийэҕэ, аҕаҕа тапталы хоһуйар, или-эйэни көҕүлүүр, кыайыыга кынаттыыр, иккис түһүмэххэ бэйэ талбыт репертуарын толордулар. Бары кыттааччылар бэрткэ диэн кыһаллан бэлэмнэммиттэрэ, олус үчүгэйдик ырыаларын толорбуттара көрөөччү сүрэҕин тутта. Күрэх аата күрэх, ким эрэ кыайыылаах тахсар, ким эрэ биһирэбил сурук тутар. Ол курдук, Гран-При үрдүк аатын Елена Михаханова, Ольга Попова дуэттара ыланнар, муҥутуур кыайыылаахтарынан тахсан үөрүүлэрэ үлүскэн буолла. I истиэпэннээх лауреттарынан Кустуур нэһилиэгиттэн Александра Горохова, Анна Слепцова буоллулар. II истиэпэннээх лауреаттар – Дьарҕаалаахтан кыттыыны ыла кэлбит Марианна Корнилова, Егор Слепцов, III истиэпэннээх лауреаттар эмиэ бу нэһилиэк бастыҥ ырыаһыттара Ньургуйаана Данилова, Николай Иванов үрдүк ааттарын ыллылар. I истиэпэннээх дипломаннарынан Дьарҕаалаах нэһилиэгин эдэр ырыаһыттара Айза Спиридонова, Матрена Баишева, II истиэпэннээх – Кустууртан Ньургуяна Потапова, Дмитрий Горохов, III истиэпэннээх – Арина Старостина, Екатерина Горохова. Маны таһынан куонкуруска анал ааттар олохтоннулар. «Кэскиллээх ырыаһыттар» - Зарьяна, Егор Слепцовтар, “Дьулуурдаах ырыаһыттар” – Степан Самойлов, Афоня Захаров анал ааттар хаһаайыннарынан буоллулар. Өр былааннаммыт тэрээһиммит үрдүк таһымҥа ыытыллан, көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөҕүллүбүтүттэн, улууспут бастыҥ ырыаһыттара кыахтарын холоммуттарыттан, ону тэҥэ саҥа тахсан эрэр “сулустар» сыдьаайа тыкпыттарыттан астынныбыт, дуоһуйдубут. Маныаха тэрээһини ыытарбытыгар, улууспутугар култуура эйгэтэ сайдыытыттан туора турбатах патриот санаалаах дьоммутугар-сэргэбитигэр, күүс-көмө, өйөбүл буолбут тэрилтэлэргэ, күрэхпит спонсордарыгар – улуус дьаһалтатыгар, баһылык Гаврил Гороховка, култуура салалтатыгар, салайааччы Степан Слепцовка, улуустааҕы киин балыыһаҕа, кылаабынай быраас Анатолий Баишевка, “Бытантай уоттара” хаһыат эрэдээксийэтигэр, кылаабынай эрэдээктэр Яна Рожинаҕа, улуус музейыгар, салайааччы Ирина Слепцоваҕа, Кустуур нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар, баһылык Роберт Колесовка, Кустуурдааҕы врачебнай амбулатория, сэбиэдиссэй Любовь Колесоваҕа, «Гарпан» этнокултуурунай киин, дириэктэр Валерия Максимоваҕа, “Дюбун” этнокултуурунай киин, дириэктэр Татьяна Слепцоваҕа, Кустуурдааҕы орто оскуола, дириэктэр Матрена Гороховаҕа, Кустуурдааҕы РЭС, Дмитрий Гороховка, улууспут бас-көс урбаанньыттарыгар Елена Сотрудниковаҕа, Алексей Старостиҥҥа, Наталья Юмшановаҕа, Альберт Колесовка ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Кустуур нэһилиэгиттэн хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэндьиэнэ Мария Саргина: - Биһиги нэһилиэкпитигэр ыытыллыбыт дуэтынан ырыа күрэҕэр айан-сырыы ороскуотун, сыратын-сылбатын аахсыбакка Дьарҕаалаахтан кэлэн кыттыбыттарыттан олус үөрдүбүт, хайҕаатыбыт. Күрэхпит сүрдээх үрдүк таһымҥа ааста. Үгүс ыалдьыттар, көрөөччүлэр дьоро киэһэҕэ мустаннар, ырыа алыбыгар уйдаран, астынан тарҕастылар. Гран-При үрдүк аатын ылбыт Ольга Попова, Елена Михаханова дуэттарыгар өссө үрдүк үрдэллэри эрэллээхтик дабайан иһэллэрин баҕарабыт! Улууспут ыччата, айар куттаах дьоно-сэргэтэ, мэлдьи түмсүүлээх, ырыа-тойук аргыстаах буолуоххайыҥ! Ольга Попова, Елена Михаханова, Гран-При хаһаайыттара: - Биһиги улуустааҕы «Дьүрүһүй, икки тыллаах хомуһум» 6-с төгүлүн ыытыллыбыт дуэтынан ырыа күрэҕэр кыттарбытыгар толкуйу Елена киллэрбитэ. Уонна «Маранга» этнокултуурунай киин үлэһиттэрэ “кыттаҥҥыт бэйэҕитин холонон көрүҥ” диэн көҕүлээбиттэрэ. Икки өттүттэн идеялаах дьон буоламмыт, бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэн, кыттарбытыгар тас көрүммүтүттэн, таҥаспытыттан саҕалаан атрибутугар тиийэ үчүгэй буолуохтаах диэн санаанан күүстээхтик бэлэмнэммиппит. Хас күн аайы ырыаларбытын бэлэмнэнэр этибит, атрибуттарбытын илиинэн эмиэ бэрт уһуннук оҥостубуппут. Бэлэмнэниибит түмүгэ ситиһиилээх буолан, Гран-При хаһаайыттара буоламмыт үөрүүбүт муҥура суох. Түгэнинэн туһанан, биһиги бу күрэххэ кыттарбытыгар күүс-көмө буолбут, репертуар талыытыгар, икки куоласка арахсан ыллыырбытыгар, сыанаҕа хайдах туттан-хаптан тахсыахтаахпытын сүбэ-ама биэрбит дьоннорбутугар Зинаида Колесоваҕа, Стас Самойловка, Мария Стручковаҕа, хамсанарбытын үөрэппит эдэр үҥкүүһүт кыыс Вера Гороховаҕа, сахалыы былааччыйаларбытын тигэн биэрбит уран тарбахтаах Виктория Старостинаҕа, наряднай былааччыйаларбытын, киэргэлбитин-симэхпитин атыылаһан ыыппыт Анна Алексееваҕа, макияжпытыттан бөрөчүөскэбитигэр тиийэ киэргэппит Евдокия Сыромятниковаҕа, маны тэҥэ ырыаларбытын сөптөөхтүк сыаналаабыт убаастабыллаах дьүүллүүр сүбэҕэ, “Маранга” этнокултуурунай киин бары үлэһиттэригэр уонна, биллэн туран, чугас дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит. Уонна Елена Михаханова айбыт хомоҕой хоһоонун махтанан туран, бары көмөлөспүт, өйөөбүт дьоҥҥо аныыбыт: Ырыа – киһи дууһатын сылаанньытар, Ырыа – дьону холбуур, Ырыа – киһини кынаттыыр, Ырыа – дьолу аҕалар. Подробнее: https://xn--80aaaab4c0aktncdal7i.xn--p1ai/article/80842

Ссылка:  https://бытантайуоттара.рф/article/80842