Вернуться к русскому языку Translate into English Ins Deutsche bersetzen
Версия для слабовидящих
Поиск
678586, Республика Саха (Якутия), Эвено-Бытантайский Национальный улус, село Кустур, улица Слепцова И.Н., 7/1

Наш адрес
8 (411) 602-25-33
Контактный номер

Новости этнокультурного центра "Маранга"

RSS
14.11.2021
Мероприятия 13 ноября 2021 года в этнокультурном центре "Маранга"

Мероприятия 13 ноября 2021 года в этнокультурном центре "Маранга"

Кустуурдааҕы "Маранга" этнокультурнай киинигэр уһун кэмнээх хааччах тохтообутунан   сэтинньи 13 күнүгэр, көрдөөх- нардаах, ырыалаах-тойуктаах "Ийэлэр уонна аҕалар" хамаанданан  күрэхтэрэ буолла. Күрэххэ 4 ийэ уонна 4 аҕа кыттыыны ылла. 7 түһүмэхтээх күөн көрсүү түмүгүнэн ийэлэр хамаандалара кыайыы өрөгөйүн тутта. Бу күн Саха сирин маҥнайгы президена М.Николаев төрөөбүт күнүгэр аналлаах кинигэ быыстапкатын туруоран олохтоох библиотекарь М.И. Саргина историяттан билиһиннэрдэ. М.Николаев ийэлэри чиэстээн алтынньы үһүс өрөбүлүн үрдүк датанан бэлиэтээбитэ. Быйылгыттан Россия президенин уурааҕынан ити датаҕа аны сэргэ аҕа күнүн бэлиэтиир буоллубут. Тэрээһиҥҥэ быһыыны ылбыт эрэ дьон сырыттылар. Дьон сэргэ культурнай маассабай сынньаныылар саҕаламмыттара ыттан бары да сүргүлэрэ көтөҕүлүннэ.

02.11.2021
"Олоҥхо саха норуотун барҕа баайа"

"Олоҥхо саха норуотун барҕа баайа"

Алтынньы 28 күнүгэр "Маранга" этнокультурнай кииҥҥэ сүрдээх киэҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолла. Алын кылаас оҕолоругар олоҥхо эйгэтин сырдатан, ЭКК "Маранга" этнофольклорун салайааччыта, Кустуур оскуолатын технологияҕа учуутала Зинаида Анатольевна Колесова уонна ЭКК "Маранга" иһинэн "Үрүйэчээн" ансаамбыл салайааччыта, Кустуур оскуолатын муусукаҕа учуутала Мария Павловна Стручкова иилээн саҕалаан ыыттыллар. Зинаида Анатольевна олоҥхо сүрүн өйдөбүлүн презентацияҕа көрдөрөн оҕолорго кэпсээбитин сэргии иһиттилэр. ЭКК Маранга үлэһиттэрэ Олоҥхоттон быһа тардан абааһы уола Туйаарыма Куону уорарын, ону Дьулуруйар Ньургун Боотур бухатыыр быыһыырын көрдөрөн өссө ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Түмүгэр, оҕолорго викторина оонньоттулар уонна минньигэс бэлэҕинэн күндүлээтилэр.
Олоҥхо саха норуотун бары мустубут баайын үөрэтэр, иитэр үтүө өрүттээҕин умнубакка, маннык тэрээһиннэр өрүү буола туруохтаахтар диэн Культура үлэһиттэрэ санааларын этэллэр. Аны олоҥхо декадатыгар өссө киэҥ мастааптаах үлэ былааннанар диэн сырдаттылар.

Ссылка: https://disk.yandex.ru/i/-6PzV-4mVo2qiA
Ссылка: https://disk.yandex.ru/i/Mh1sxagTqSKdgw
Ссылка: https://disk.yandex.ru/i/GV78fFSHAgW3UA

26.10.2021

ПОЛОЖЕНИЕ

Всероссийского открытого дистанционного конкурса  "ВЕСЕЛЫЙ ХЭЛЛОУИН"

20.10.2021
Кустуурга дьахтар кэмитиэтин саҥа састааба үлэтин саҕалаата

Кустуурга дьахтар кэмитиэтин саҥа састааба үлэтин саҕалаата

Эбээн Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта уонна Кустуур орто оскуолатын социальнай педагога Федора Гатилова эдэр ийэлэри көҕүлээн түмэ тартылар.

Ссылка:  https://disk.yandex.ru/a/W3fD_jnB0Vi7Lg

13.10.2021

Аллараа-Бытантай нэһилиэгин иһинэн ыытыллар доруобуйа сылыгар аналлаах "Далбар Ийэ 2021" күрэх балаһыанньата.

Буолар сирэ: Кустуур
Буолар кэмэ: алтынньы 16 күнэ 2021с.
күрэх сыала-соруга:
*Аныгы ийэ уобараһын арыйыы;
*Дьиэ кэргэн оруолун үрдэтии;
*Чөл олоҕу пропагандалааһын;

06.10.2021

Эбээн Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгэр Учуутал күнүгэр анаан «Маранга» этнокултуурунай киин үлэһиттэрэ оскуола иннигэр көһө сылдьар кыра кэнсиэр оҥорон соһуччу үөрү

Бу үөрүүлээх бэлиэ түгэҥҥэ олохтоох дьаһалта баһылыга Роберт Колесов учууталлары чиэстээн, дьаһалта аатыттан кыраамата үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

04.10.2021

🗣️ " *ИСТИҤ, СЭРГЭЭҤ* "🗣️

Улуустааҕы куйаар ситим нөҥүө күрэх түмүгэ *КҮҺҮҤҤҮ ДОЛГУРАҤ* "
*Күрэх хайысхалара:*
🔸" *Көмүс күһүн барахсан"* уруһуй
1 миэстэ- Аммосова Ирина  6 саастаах.
2. Потапов Ньургун 9 саастаах.
3 миэстэ Слепцова Зарьяна 6 саастаах
🔸" *Күһүн кэрэ көстүүтэ* "  көстүүм күрэҕэ.
1 миэстэ Горохова Алена Моисеевна (джаргалаах) 23 саастаах.
2 миэстэ Рожина Сандаара 5 саастаах.
3 миэстэ Старостина Мирослава 2 саастаах
🔸" *Күһүҥҥү сандалы"* баай талым астаах остуол сервировкатын күрэҕэ
1 миэстэ Горохова Нюргуяна Афанасьевна
2 миэстэ Попова Наталья Иннокентьевна.
🔸" *Күһүҥҥү санаа* " күһүн тематикатыгар хоһоон ааҕыытын күрэҕин түмүгэ🗣️
1 миэстэ Сотрудников Михаил
🔸 *Анал күрэх "Күһүҥҥү долгураҥ кыайыылааҕа* 2021". Бу номинацияҕа күрэх .
1 миэстэ Другина Рая (Саккырыыр)
Кыттааччыларга махталбытын тиэрдэбит!
👏🏼🎊👏🏼🎊👏🏼🎊👏🏼🎊👏🏼
Тэрийэр хамыыһыйа.
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍁🍂